Марк Килбургер | |
Marc Kielburger | |
Дьарыга: |
түмэт урбаанньыта, менеджер, түмэт үлэһитэ, оҕолор көҥүллэрин туһугар охсуһааччы |
---|---|
Төрөөбүт сыла: | |
Төрөөбүт сирэ: | |
Оҕолоро: |
2 |
Наҕараадалар уонна премиялар: |
Марк Килбургер[1] (ааҥл. Marc Kielburger; төр. 1977 сыл, Канада) — Канада түмэт урбаанньыта, менеджер, түмэт үлэһитэ, суруйааччы, оҕолор көҥүллэрин туһугар охсуһааччы, быраатын Крейг Килбургеры кытта Оҕолорго көҥүлү (ааҥл. Free the Children) уонна Me to We диэн тэрилтэлэри тэрийээччи уонна салайааччы[2].
Марк Килбургер 1977 сыллаахха Канадаҕа төрөөбүт.
Collège Jean-de-Brébeuf (Торонто, Канада) уонна Neuchâtel Junior College (Невшатель, Швейцарии) диэн чааһынай колледжтарга үөрэммит[3].
Марк Аан Дойдутааҕы сыһыаннарга идэтийэн Гарвард университетын этэҥҥэ бүтэрбит. Родс стипендиятын ылан быраапка таһымнаах Оксфорд университетын бүтэрэр.
Ол кэмҥэ кини быраата Крейг кулутуйууттан күрээбит уонна ол иһин өлбүт Икбал Масих диэн Пакистан оҕотун туһунан билэн[4][5][6][2][7]бииргэ үөрэнэр оҕолорун кытары оҕолор тэрилтэлэрин тэрийэр. Бу түмсүү кэлин «Оҕолорго көҥүлү» (ааҥл. Free the Children) диэн Аан Дойдуга саамай улахан оҕолор тэрилтэлэрин ситимэ буолар[4].
Тэрилтэ бастаан үчүгэйдик сайдан иһэн харчылара бүтэн хаалар[8]. Онтон сылтаан түмсүү төрөппүтэр дьиэлэригэр көһөр[8]. Бу кэмҥэ Крейкка көмөҕө убайа кэлэр[8].
Убайа Марк Килбургер ол кэмҥэ Гарвардка үөрэнэ сылдьан Уолл-Стрит баҕалаах үлэтиттэн аккаастанан быраатыгар көмөҕө кэлэр уонна түмсүү иккис тэрийээччитэ буолар[7][8].
Бу кэмтэн саҕалаан ини-биилэр бииргэ түмэт урбаанынан дьарыктаналлар.
Марк быраатын Крейгы кытта 2008 сыллаахха Me to We диэн экология өттүнэн ыраас оҥоһуктары тарҕатар түмсүүнү тэрийэр[6]. Me to We түмсүү дохуотун аҥара «Оҕолорго көҥүлү» түмсүүгэ барар, онтон иккис аҥара тэрилтэ сайдыыгар ыытыллар[6].
2010 сыл муус устар 7 күнүгэр генерал-губернатор Марк Килбургка дойду саамай үрдүк наҕараадатын - Канада Орденын биэрэр[9][2].
Марк II. Елизавета Бриллианнаах юбилейын Мэдээлин бас билээччитэ[10].
Марк Килбургер хас да университет ытыктабыллаах доктора, холобур: Карлтон[11], Гуэлф[12], Капилано[13] уо.д.а.
Марк Килбургер ойоҕо Роксанна Дьойал (ааҥл. Roxanne Joyal)[7][14], икки оҕолоохтор.
Марк оҕо сылдьан регби сөбүлээн оонньуур этэ, хас сайын аайы спортивнай лааҕырга сылдьааччы[15]. Гарвадка да үөрэнэ сылдьан регби оонньуур эбит[15].