Четин Алтан (туур. Çetin Altan; 22.06.1927 — 22.10.2015) — турок суруйааччыта, суруналыыс уонна бэлиитик.
Аҕата Халит адвокат үөрэхтээх. Ийэтэ Нурхаят крым төрүттээх. Сэттэ сааһыгар диэри Алтан диэн ааттаах эбит. 1934 сыллаахха Турцияҕа араспаанньа туһунан сокуон тахсыбыт, онон урукку өттүгэр арспаанньата суох аймах уонна ыал ааспаанньалаах буоларга күһэллибит. Четин Алтан дьоно Алтан диэн буолбуттар, онон уол аата мантан ыла Четин диэн буолбут[1].
Аҕыс саастааҕар Галатасарайскай лицейгэ үөрэнэ киирбит, ол эрэн кэлин бэйэтэ этэринэн ити кэмҥэ олус соҕотохсуйар эбит. Ол кэннэ Анкара университетыгар юридическай факультеты бүтэрбит[1]. Университет кэннэ айар үлэнэн анаан дьарыктанар буолбут. Суруйааччы кэлин бэйэтэ ахтарынан, соҕотохсуйууттан куотаары суруйааччы суолун талбыт эбит[1].
Поэмалара уонна кэпсээннэрэ «Çınaraltı», «Varlık», «İstanbul», «Kaynak» таһаарыыларга киирбиттэр. Бастакы кинигэтэ «Üçüncü Mevki» 1946 сыллаахха күн сирин көрбүт. Суруналыыс быһыытынан «Halkçı», «Tan», «Akşam», «Milliyet», «Yeni Ortam», «Hürriyet», «Güneş» уонна «Çarşaf» хаһыаттарга анал колонкалары салайан үлэлэппит[1].
1959 сыллаахха Абди Ипекчи көрдөһүүтүнэн «Milliyet» хаһыакка анал колонканы салайбыт.
Турцияҕа 1960 сыллаахха буолбут быһыы-майгы кэннэ, бэлиитикэнэн дьарыктанар буолбут. 1965 сыллаахха Турция үлэһит партиятыттан Улуу национальнай мунньах чилиэнинэн талыллыбыт[1].
Кыһыл тылынан бэркэ биллэр эбит. Суруйар ыстатыйаларын иһин 300-тэн тахса төгүл суукка үҥсүү түһэрбиттэр, үс төгүл тутуллубут уонна икки төгүл хаайыыга олоро сылдьыбыт[1]. Сулейман Демирель сиэрдээх Партиятын депутаттара оннооҕор кырбаан тураллар эбит.
2015 сыл балаҕан ыйыгар доруобуйата эмискэ мөлтөөн балыыһаҕа киирбит. Четин Алтан 2015 сыл алтынньы 22 күнүгэр өлбүт[2][3].
Бастакы кэргэнэ Кериме, Ирактан төрүттээх эбит[4][5]. Кериметтэн үс оҕолоох: Алтан Ахмет (1950), Алтан Мехмет (1953) уонна Зейнеп (1991 сыллаахха өлбүт)[4].
1969 сыллаахха Четин Алтан иккиһин кэргэннэммит. Солмаз Камуран киниэхэ редактор буолбут[6]. Четин Алтан өлүөн иннинэ арахсыбыттар[7].
Бэйэтин үлэлэригэр Турция ол кэминээҕи социальнай-политическай туругун туһунан сытыытык суруйар эбит. Кини үгүс айымньылара бэйэтин олоҕун кытта ыкса ситимнээхтэр.
Кини хас да айымньыта француз тылыгар тылбаастаммыт[8].
Цитата сыыһата: Бу <references>
туттар маннык <ref>
"h4" диэн тиэгэ бу иннинээҕи тиэкискэ туттуллубат эбит.