«Аляска-Сибиир» тыраасса — Иккис Аан дойду сэриитин кэмигэр лендлиз бырагырааматынан сөмүлүөттэри АХШ территориятыттан ССРС-ка сэрии буола турар сирдэригэр аҕалар салгын тыраассата.
Бу тыраасса баарын тухары — 1942 сыл алтынньытыттан 1945 сыл алтынньытыгар диэри — 128 371 пассажир, онтон 17 322 төлөбүрдээх, 18 753 тонна куруус, ол иһигэр 9125 т төлөбүрдээх уонна 319 тонна почта таһыллыбыта[1].
1941-42[быһ. 2] | 1943 | 1944 | 1945 | итого | |
Байҕалынан Мурманскай уонна Архангельскай нөҥүө | 2532 | 804 | 766 | 688 | 4790 |
Салгынан Ираан нөҥүө | 682 | 3016 | 1930 | 14 | 5642 |
Аляска нөҥүө | 108 | 2486 | 3190 | 2047 | 7831 |