Дьүкээгир национальнай көс олохтоох нэһилиэк.Усуйаана улууһун нэһилиэгэ, киинэ Дьүкээгир. Улуус кииниттэн 350 км. хоту диэкки Лаптевтар байҕалларын кытылыгар сытар.Уруккута "Усуйаана" сопхуос булчуттарын биригээдэтэ. Алын сүһүөх оскуола, култуура дьиэтэ, ФАП, ДЭС бааллар."Буустаах" улуус суолталаах эркээйи сир, ураты харыстанар күөл бааллар. Нэһилиэк баһылыга Горохов Фёдор Иванович. Нэһилиэнньэтин ахсаана 123 киһи (2007 сыл).Омугунан сахалар, сахатыйбыт дьүкззгирдэр,эбээннэр. Билигин сүрүн дьарыктара кырсаны бултааһын, сэлии муоһун хомуйуу,балыктааһын. Маны барытын аҕыйах ахсааннаах төрүт олохтоох дьүкээгирдэр "Дьүкээгир" аҕа уустарын общината сүрүннүүр.Баһылыктара Горохов Василий Григорьевич,СР тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна.
Буустаах күөл - Саха сиригэр иккис улахан күөл.