Йоллыг-тегин Ижань-хан (кыт. 伊然可汗, пиньинь yirankehan, палл. Ижань кэхань, тус аатта (сабаҕа быһыытынан) кытай. 阿史那伊然, пиньинь ashinayiran, палл. Ашина Ижань) — Илин Түүр хаҕанатын каҕаана, хаҕанааты 734 сыллаахтан 739 сыллаахха диэри салайбыта, аатырбыт, номоххо киирбит Билгэ хаан төрөппүт уола.
Билгэ хааны сүһүрдэн өлөрбүттэрин кэнниттэн хаҕанаал бас көс оруоллаах дьоно олбоххо кини уолун Ижаны олордубуттара уонна Йоллыг-тегин диэн сүрэхтээбиттэр. Йолыг тэгин аҕата тэлбитин суолун тутуһан, биирдиилээн өрүтэ туруон, утарылаһан баҕалаах, соруммут уделлар хааннары сабыта баттаталаабыта уонна Тан импиэрийэтин кытта ыаллыы олорорун быһыытынан эйэлээх сыһыаны олотхтуурга, оннунан тутан хааларга кыһаллыбыта. Сюань-цзун императорга үс төгүл бэлэхтээх туһахтаах посуоллары ыыталаабыта. Ол эрээри кини 739 сыллаахха эмискэ ыалдьан өлбүтэ. Кини кэннэ хаҕан олбоҕор Билгэ Кутлуг хаан олорбута.
Йоллыг тэгини түүр норуотун биир бастакы бэйиэтэ, суруйааччыта уонна устуоруга диэххэ сөп. Кини Күл Тэгин сарыабыс уонна Билгэ хаан сырдык уонна албан ааттарыгар хас даҕаны суругу айан суордарбыта. Эмиэ оннук суругу Кутлуг Ильтерес-хаҕаҥҥа анаабыта. Ол суруктар билигин алтаай түүрдэрин култууратын таһымын, поэзиятын, прозатын, историческай билиитин, Илин Түүр хаҕанатын тутуһар идеологиятын көрдөрөллөрХалыып:Последовательность людей