Крейг Килбургер

Крейг Килбургер
Craig Kielburger
Дьарыга:

түмэт урбаанньыта, менеджер, общественнай үлэһит, оҕолор көҥүллэрин туһугар охсуһааччы

Төрөөбүт күнэ:

1982 сыл ахсынньы 17 к. (1982-12-17)(32 саастаах)

Төрөөбүт сирэ:

Торнхилл (Онтарио)

Дойдута:

 Канада

Наҕараадалара уонна премиялара:
Крейг Килбургер Викискладка

Крейг Килбургер[1] (ааҥл. Craig Kielburger; төр. 1982 сыл ахсынньы 17 күнэ, Торнхилл (ааҥл. Thornhill), Онтарио, Канада) — канада түмэт урбаанньыта, менеджер, общественнай үлэһит уонна актыбыыс, оҕолор көҥүллэрин туһугар охсуһааччы, убайын Марк Килбургеры кытта «Оҕолорго көҥүлү» түмсүү (англ. Free the Children) уонна Me to We тэрийээччитэ уонна салайааччыта[2].

Крейг Килбургер Торнхилл куоракка (ааҥл. Thornhill; Онтарио, Канада) 1982 сыл ахсынньы 17 күнүгэр төрөөбүт[3].

Bishop Scalabrini Catholic School католик оскуолатыгар үөрэммит.

1995 сыл муус устарыгар 13-с саастаах Крейг Килбургер Торонто Стар хаһыакка баар комикс көрө олорон кинини кытта биир саастаах Икбал Масих диэн Пакистан оҕотун туһунан ыстатыйа аахпыт[3][4][5][2][6]. 4 саастааҕар бу уол кулут буолбут, онтон күрээн Аан Дойдуга бэйэтин олоҕун туһунан кэпсээбит. Кэлин онтон сылтаан Икбал Масихы өлөрбүттэр[3][4].

Бу кэпсээн Крейкка сүрдээх күүстээхтик дьайбыт уонна кини киһи бырааптарын туһунан уонна ол бырааптары тутуһуу туһунан элбэҕи билэргэ соруммут[3]. Кэлин Килбургер Алан Рахман (англ. Alam Rahman) диэн канада быраабы көмүскээччитин кытта Соҕуруулуу-Илин Аасыйаҕа баран олохтоох оҕолор хайдах үлэлииллэрин илэ хараҕынан көрбүт[3][2].

Төннөн баран Крейг бииргэ үөрэнээччилэрин кытта оҕолор түмсүүлэрин тэрийэр, кэлин бу түмсүү «Оҕолорго көҥүлү» диэн Аан Дойдуга саамай улахан түмсүү буолар (ааҥл. Free the Children)[3].

«Оҕолорго көҥүлү» түмсүү соругун Крейг маннык диир: «Оҕолору дьадаҥытыйыыттан босхолооһун. Кулутуйууттан босхолооһун. Оҕолор бэйэлэрэ уларыйыылары ситиһиэхтэрин сөбүн быһаарыы»[3].

Дьыалата этэҥҥэ сайдан иһэн мөлтүүр.

Убайа Марк Килбургер ол кэмҥэ Гарвардка үөрэнэ сылдьан быраатыгар көмөҕө кэлэр уонна түмсүү иккис тэрийээччитэ буолар[6].

1999 сыллаахха 16 саастаах Крейг «Оҕолорго көҥүлү» диэн кинигэни таһааттарар.

Крейг Килбургер Йорк университетыгар лекция ааҕа турар

Крейг Килбургер Торонто Университетагыр үөрэммит[5].

Крейг 2008 сыллаахха убайын Маркы кытта Me to We диэн экология өттүнэн ыраас оҥоһуктары тарҕатар түмсүүнү тэрийэр[5]. Me to We түмсүү дохуотун аҥара «Оҕолорго көҥүлү» түмсүүгэ барар, онтон иккис аҥара тэрилтэ сайдыыгар ыытыллар[5].

2009 сыллааха Крейг Йорк университетын иһинэн баар Шулих урбаан оскуолатыгар (ааҥл. Schulich School of Business) MBA таһымын (степень) ылар.

2009 сылтан 2012 сылга дылы Крейг Килбургер Scouts Canada диэн Канада скауттарын хамсааһынын салайааччыларыттан биирдэстэрэ[7].

Наҕараадалара уонна премиялара

[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

2007 сыл олунньу 20 күнүгэр генерал-губернатор Крейг Килбургка Канада Орденын биэрэр[2].

Крейг II. Елизавета Бриллианнаах юбилейын Мэдээлин бас билээччитэ[8].

Крейг Килбургер хас да премия лауреата, холобур: Нельсон Мандела аатынан киһи көҥүлүн туһугар премия (2006; ааҥл. The Nelson Mandela Human Rights Award)[9], Христос Түмсүүтүн Эйэ премията (2005 ааҥл. Community of Christ International Peace Award), Оҕолор Эйгэлэрэ премия (2002 и 2012; ааҥл. World of Children Awards)[10][11], "Түөрт көҥүл" премия (1998 - Кутталтан көҥүл)[12] уонна да атыттар.

Крейг Килбургер 13 университет ытыктабыллаах доктара[5], ол иһинэн: Альберт, Гуэлф[13], Йорк, Карлтон[14], Ниписсин, Торонто[5] уонна да атын университеттар.

2012 сыллаахха алтынньы 9 к. Крейг Килбургер аатынан Милтон куоракка (Онтарио, Канада) баар Craig Kielburger Secondary School орто оскуола ааттаммыта.

  • Free the Children (1998).
  • Me to We (Марк Килбургеры кытта, 2004).
  • Take Action (Марк Килбургер кытта, 2002).
  • Take More Action (Марк Килбургер кытта, 2008).
  • Making of an Activist (Марк Килбургер кытта, 2007).
  • The World Needs Your Kid (Марк Килбургер кытта, 2009).
  • Global Voices: Volume 1 (Марк Килбургер кытта, 2010).
  • Lessons From A Street Kid (2011).
  1. Имя иногда переводится как Крэйг, фамилия — Кильбургер
  2. 2,0 2,1 2,2 2,3 Payal Bhatnagar. Craig and Marc Kielburger: Two Canadian brothers inspiring others by example(ааҥл.). Youth-Leader Magazine (Халыып:TranslateDate/en). Тургутулунна 30 Муус устар 2015.
  3. 3,0 3,1 3,2 3,3 3,4 3,5 3,6 Кен Робинсон Найти свое призвание: Как открыть свои истинные таланты и наполнить жизнь смыслом. — Москва: Манн, Иванов и Фербер, 2014. — 368 с. — ISBN 5000570057, 9785000570050
  4. 4,0 4,1 В Мэриленде дети используют свои навыки, чтобы помогать детям по всему миру. Посольство США (9 Ахсынньы 2008). Тургутулунна 30 Муус устар 2015.
  5. 5,0 5,1 5,2 5,3 5,4 5,5 Craig Kielburger(ааҥл.). Торонтский университет. Тургутулунна 30 Муус устар 2015.
  6. 6,0 6,1 Josh Wingrove. Marc and Craig Kielburger's do-gooding social enterprise(ааҥл.). The Globe and Mail (Халыып:TranslateDate/en). Тургутулунна 30 Муус устар 2015.
  7. "Just how ‘kind’ are Canadians?". Toronto Star. April 8, 2013. http://www.thestar.com/life/2013/04/08/just_how_kind_are_canadians.html. Retrieved on 2013-04-10. 
  8. "Diamond Jubilee Gala toasts exceptional Canadians". CBC. 18 June 2012. http://www.cbc.ca/news/arts/story/2012/06/18/jubilee-gala-toronto.html. Retrieved on 19 June 2012. 
  9. The Nelson Mandela Human Rights Award http://www.cawcouncil4000.com/caw_nelson_mandela_human-rights-award.html Архыыптаммыт 2011, От ыйын 8 күнүгэр.
  10. World of Children Youth Award http://www.worldofchildren.org/honoree/craig-kielburger-youth/ Архыыптаммыт 2015, Кулун тутар 22 күнүгэр.
  11. World of Children 15th Anniversary Achievement Award http://www.worldofchildren.org/honoree/craig-kielburger/
  12. Лауреаты Награды Четырех Свобод с 1990 года Архыыптаммыт 2016, Кулун тутар 4 күнүгэр.
  13. U of G to Honour 'Global Citizens' During Thematic Convocation
  14. Carleton University Awards Nine Outstanding Canadians with Honorary Degrees Архыыптаммыт 2016, Кулун тутар 4 күнүгэр.

Цитата сыыһата: Бу <references> туттар маннык <ref> "elle.ru.natalie" диэн тиэгэ бу иннинээҕи тиэкискэ туттуллубат эбит.