Лесли Коттон | |
ааҥл. Ann Lesley Cotton | |
Үлэтэ: | |
---|---|
Төрөөбүт сирэ: | |
Гражданствота: | |
Дойдута: |
Энн Лесли Коттон (ааҥл. Ann Lesley Cotton; 1950, Кардифф, Улуу Британия) — британия түмэт урбаанньыта, Camfed кэммиэрсийэтэ суох, Африкаҕа дьадаҥы буолууну утаран дьахталлары үөрэхтээһининэн дьарыктанар, тэрилтэни төрүттээбитэ. 2006 сыллаахха кини үлэтэ Британия импиэрийэтин уордьанынан бэлиэтэммитэ.
1950 сыллаахха Кардиффка шахтаҕа үлэһиттэрин дьиэ кэргэнигэр төрөөбүтэ. Англиийскай тыл учууталынан үлэлээбитэ, 1991 сыллаахха Аафрикаҕа дьахталлар үөрэхтээһиннэрин бырабылыамаларын үөрэтэ барбыта[1]. Сырыытыгар сүрүн бырабылыаманан култуура мэһэйдэрэ (дьадаҥы олохтоох дьон оҕолорун үөрэттэрэр кыахтара суох буолан баар харчыларын уолаттарын туһугар тутталлар, уол оҕо кыыстааҕар карьера оҥостор кыаҕа элбэх) буолбакка дьадайыы кыһалҕата эбит диэн түмүктээбит.[2]. 1993 сыллаахха Котон Camfed (Campaign for Female Education; дьахталлары үөрэхтээһин хампаанньата) тэрийбит. Бастакы хардыытыгар буһарыы аһылыктары атыылыыр аакция оҥорон, Зимбабветтан 32 кыыс оҕо үөрэнэригэр харчы хомуллубут. Ол кэннэ тэрилтэтэ Аафрика дойдуларын үс мөлүйүөн оҕотугар үөрэхтэнэллэригэр көмөлөспүт[2]. Итини таһынан, Camfed тыһыынча оскуоланы унифуорманан уонна үөрэх тэриллэринэн хааччыйар. Бу тэрилтэни кытта сибээстэһэллэрин туһунан актердар Морган Фримен уонна Эмма Стоун, суруйааччы Дорис Лессинг биллэрэллэр[3][4].
Үлэтин иһин Коттон «WISE Prize» диэн биллэр үөрэх наҕараадатын ылбыт, Улуу Британияҕа сыл дьахтарынан уонна түмэт урбаанньытынан биллэриллибитэ[5][6], Сколл уонна Ашока пуондалартан түмэт урбаанын иһин нагараадалардаах[7]. Кини үлэтин Улуу Британия премьер-миниистирэ Дэвид Кэмерон биһирээбитэ[1]. 2006 сыллаахха Коттонҥа Британия импиэрийэтин уордьана туттарыллыбыта.