Мера́л Ока́й (туур. Meral Okay) (1959 сыл балаҕан ыйын 20 -- 2012 сыл муус устар 9 күннүгэр төрөөбүтэ) — турок артыыһа, сценариһа уонна ырыа айааччыта.
1959 сыллаахха балаҕан ыйын 20 күнүгэр Турция Анкара куоратыгар Тюркан уонна Ата Каты дьиэ кэргэннэригэр күн сирин көрбүтэ. Мерал Окай Аныттепе лиссиэйин үөрэнэн бүтэрбитэ.
Мерал Окай кэргэнэ, эрэ өлбүтүн кэннэ Анкараттан Стамбул куоракка көһөн тиийбитэ уонна "Доброе утро" хаһыакка үлэҕэ киирбитэ. Сүрүн үлэтин таһынан, Мерал Сезен Аксу диэн туурок биллиилээх ырыаһыта дьахтар ырыаларын хоһоонун суруйара. Мерал аан бастаан суруйбут сэрийээлин аата "Вторая весна" диэн ааттааҕа. Бу сэрийээл киинэ уһуллуутугар кини бэйэтин аан бастаан продюссер быһыытынан холоон көрбүтэ. Олоҕун тиһэх күннэригэр, өлүөн иннинэ саамай бүтэһигин аан дойдуга киэҥник көстүбүт уонна тылбаастанан тарҕаммыт, Осман импиэрийэтин төрүттээбит I Үтүөкэн Сулейман олоҕун уонна кини олорбут кэмин сэһэргиир "Великолепный век" киинэ сынаарыйын суруйбута. Кини өлбүтүн кэннэ киинэ сэрийээлигэр үлэтин-хамнаһын Йылмаз Шахин диэн сценарист салҕаабыта.
Олоҕун тухарын муспут баайын дуолун, нэһилиэстибэтин Мерал өлөрүн саҕана бүүс бүтүннү аһымал пуондатыгар бэлэхтээбитэ.
Мерал Окай 1984 сыллаахха Яман Окай диэн Турцияҕа эмиэ биллэр тыйаатыр уонна киинэ артыыһыгар ойох тахсыбыта. Ол эрээри эрэ 1993 сыллаахха рак, искэн ыарыыттан олоҕо быстыбыта.
Мерал Окай 2012 сыллаахха дьиэтигэр сытан тыҥа искэнин ыарахан ыарыытыттан өлбүтэ. Кинини Зинджирликуйу диэн ааттаах кылабыыһаҕа эрин таһыгар кистээбиттэрэ, тиһэх суолугар атаарбыттара.
Мерал Окай өлбүтүн кэннэ «Великолепный век» киинэ сэрийээлин бары сиэрийэлэрэ «Мерал Окайга ананаллар…» диэн суруктаах көстөр буолбуттара. Ону таһынан «В чем вина Фатмагюль» диэн киинэ сэрийэлин 70-с сиэрийэтиттэн саҕалаан эмиэ «Мерай Окайга ананар. Эн ырыаларыҥ биһигини кытта мэлдьи хаалыахтара» диэн сурук тахсар буолбута.
Сценарист | |||
---|---|---|---|
Сыл | Нууччалыы аата | Төрүт аата | |
2002 | Особняк с виноградными лозами | Asmalı Konak | |
2003 | Особняк с виноградными лозами 2 | «Asmalı Konak: Hayat» | |
2007 | Телохранитель | «Fedai» | |
2009 | Если бы я стал облаком | Bir Bulut Olsam | |
2011 — 2012 | Великолепный век | Muhteşem Yüzyıl |
Награды | |||
---|---|---|---|
Сыл | Наҕараадата | Категорията | Киинэтэ |
2007 | 14. Altın Koza Film Festivali | Иккис былаан батсыҥ оруола | Beynelmilel |
2002 | 35. Sinema Yazarları Derneği Ödülleri | Иккис былан бастыҥ оруола | Hiçbiryerde |