Трофимова Сардана Александровна — чэпчэки атлетикаҕа (марафоҥҥа) РФ спордун маастара (2011)[1].
Сардаана Үөһээ Бүлүү Тамалакааныттан төрүттээх. 5-с кылаастан сүүрүүнэн дьарыктанар. Тохсус кылаастан күрэхтэһиилэргэ кыттар. Бастакы тренерэ Геннадий Алексеевич Николаев. Онус кылааска Дьокуускайга ДЮСШ-5 үөрэммит[2]. Физкультура уонна спорт институутугар чэпчэки атлетика салаатыгар үөрэммит. Бэһис куурустан уурайбыт. Үөрэҕин Чурапчы институутугар бүтэрбит[3].
2014 сыллаахха Тулуза куоракка (Франция) буолбут аан дойдутааҕы марафоҥҥа үчүгэй түмүгү көрдөрбүтэ: 2 чаас, 28 мүнүүтэ, 18 сөкүүндэ.
2015 сыллаахха Арассыыйа чөмпүйэнээтигэр 2.29.30 түмүктээх кыайбыта. Эмиэ ол сыл олимпиадаҕа аналлаах аан дойдутааҕы квалификациялыыр Майнатааҕы-Франкфуртка буолбут марафоҥҥа (Германия) төрдүс миэстэни ылбыта уонна Арассыыйа сүүрүктэриттэн саамай үрдүк көрдөрүүлээхтэрэ буолбута (2.24.38). Онон, билиҥҥи туругунан, Арассыыйаҕа дьахталларга саамай күүстээх марафон сүүрээччинэн ааҕыллар, Рио-де-Жанейро куоракка буолар Олимпиадаҕа кыттар путевканы тутан сылдьар.
Тренерэ Татьяна Жиркова.
Саргылаана диэн игирэ балтылаах, Сахамин диэн 4 сыл балыс бырааттаах.