Удмурт судаарыстыбаннай университета

Удмурт судаарыстыбаннай университета

Удмурт судаарыстыбаннай университета (УдСУ) - Арассыыйаҕа Ижевскай куоракка баар үрдүк үөрэх тэрилтэтэ, Удмуртия үрдүк үөрэҕин бөдөҥсүйбүт киинэ.

1931 с.муус устар 10 күнүгэр Удмурт судаарыстыбаннай педагогическай института төрүттэммит. 1958 с. УСПИга аспирантура арыллыбыт. 1971 с.кулун тутар 5 күнүгэр ССРС Миниистирдэрин Сэбиэтэ Ижевскай куоракка Удмурт судаарыстыбаннай университетын тэрийэр туһунан уураах ылбыт. 1971с.муус устар 19 күнүгэр ССРС орто уонна үрдүк анал үөрэхтээһинин министиэристибэтэ 323 нүөмэрдээх бирикээһинэн УСПИ Удмурт судаарыстыбаннай университета буолбут. 2002 с.балаҕан ыйын 20 күнүттэн университет"Судаарыстыбаннай үөрэхтиир тэрилтэ үрдүк профессиональнай үөрэхтээһин"Удмурт судаарыстыбаннай университета".

2016 с.муус устар 19 күнүттэн - "Бэдэрээлинэй судаарыстыбаннай бүддьүөттэн үбүлэнэн үөрэхтиир үрдүк үөрэхтээһин тэрилтэтэ "Удмурт судаарыстыбаннай университета"

История уонна социология института

Тыл уонна литература института

Удмурт филологиятын, финно-угроведение уонна журналистика института

Физическэй култуура уонна успуорт института

Педагогика, психология уонна социальнай технология института

Ускуустуба уонна дизайн института

Социальнай коммуникация института

Быраап, социальнай салайыы уонна куттал суох буолуутун института

Экэниэмикэ уонна салайыы иститута

Естественнэй наукалар института

Математика, информационнай технология уонна физика института

Гражданнар көмүскэллэрин института

М. С. Гуцериев аатынан ниэп уонна гаас института

Удмурт судаарыстыбаннай университета

1. Ижевскай куорат үрдүк үөрэх тэрилтэлэрин рейтинигэр 2-с миэстэ

2. Удмуртия үрдүк үөрэх тэрилтэлэрин рейтинигэр 2-с миэстэ

3. Арассыыйа үрдүк үөрэх тэрилтэлэрин рейтинигэр 197-с миэстэ.

https://udsu.ru/ https://conf.udsu.ru/ https://vuzoteka.ru/%D0%B2%D1%83%D0%B7%D1%8B/%D0%A3%D0%B4%D0%93%D0%A3