«Якутуголь» диэн Арассыыйа чох компанията. Толору аата — Открытое акционерное общество «Холдинговая компания „Якутуголь“». Штаб-квартирата Нүөрүҥгүрүгэ (Саха Сирэ) баар.
Компания акцияларын 100% тутааччы Мечел (2007 c. ыла).
Генеральнай директор — Игорь Хафизов.
Компания үс чох хостуур сирдээх — Нүөрүҥгүрүтээҕи, Хаҥаластааҕы уонна Дьабарыкы-Хайатааҕы.
Мантан ураты, Эльгинскай чох сиригэр хостуур лицензиялаах.[1]
Хостоммут чохтон улахан аҥара Дьоппуонҥа уонна Соҕуруу Кэриэйэҕэ экспортанар. Арассыыйа ис баhаарыгар компания чоҕун сүрүн туттааччылара — Ыраах Илин федерал уокуругун энергосистемалара, Урал уонна Сибиир металлургия тэрилтэлэрэ.
2005 с. хостооhуна — 8,97 млн т, күүтүллэр ыраас барыhа — $125 млн кэриэтэ. 2007 c. хостооhуна — 10,279 млн т, онтон 3,33 млн — энергия чоҕо.