Леонид Спиридонов диэн көҥүл тустууга омуктар ыккардыларынааҕы кылаастаах спорт маастара. XXVIII Сайыҥҥы Олимпия оонньууларын (Атина 2004) уонна ХХIХ Олимпия оонньууларын (Пекин 2008) кыттыылаахтара. Аан дойду чемпионатын боруонса призера (Дания), Казахстан сүүмэрдэммит хамаандатын састаабыгар Аан дойду Кубогар 4-с миэстэлээх (Тегеран, Иран).
Хаҥалас улууһуттан төрүттээх. 2003 сылтан Казахстан чиэһин көмүскүүр. Бастакы тренерэ О. Д. Лебедев, билигин РФ үтүөлээх тренерэ Б. Г. Яковлев салалтатынан дьарыктанар.
Бу киһи туһунан сиппэтэх ыстатыйа. Көннөрөн уонна эбэн биэрэн Бикипиэдьийэҕэ көмөлөһүөххүн сөп. |