Семен Андреевич Новгородов (13.02.1892—1924) — саха норуотун үөрэхтээһиҥҥэ сүҥкэн оруоллаах киһи, сахалыы маассабай суругу-бичиги айбыт киһи.
Семен Андреевич Новгородов олунньу 13 күнүгэр 1892 сыллаахха Боотуруускай улуус 2-с Хатылы нэһилиэгэр (билигин Чурапчы улууһун Болтоҥо нэһилиэгэ) төрөөбүтэ.
Аҕата Андрей Александрович Новгородов С. К. Дмитриев этиитинэн дьадаҥы төрүттээх эрээри кэлин байан сэниэ ыал ахсааныгар киирбит киһи эбит, сүөһүтүн ахсаана сүүскэ тиийэр эбит, дьиэтигэр икки хамначчыттаах, биир кэлэн үлэлиир үлэһиттээх эбит.
А. А. Новгородов син нууччалыы ааҕар эбит, онон уолун Сэмэни кыра эрдэҕинэ таҥара кинигэлэрин ааҕарга үөрэппит. Нэһилиэгэр олорор псалом ааҕааччы Андрей Винокуров арифметика түөрт дьайыытыгар уонна кыра тиэкистэри нууччалыыттан сахалыы тылбаастыырга үөрэппит.
Үөрэҕин политссыылынай И. Т. Цыпенко Чурапчыга арыйбыт оскуолатыгар салҕаабыт.
1905 сыллаахха Дьокуускайдааҕы реальнай училищаҕа киирбит.
Училищеҕа үөрэнэр сылларыгар элбэхтик кинигэ ааҕар, В. М. Ионов тутар политсыылынайдар бибилэтиэкэлэрин туһанар. Ионов Новгородов кэлин бэйэтэ этэринэн нэдиэлэҕэ уонча кинигэни ааҕарыгар талан биэрэр эбит.
Бу сылларга Сэмэн Новгородов үөрэнээччилэр уопсастыбаннай олохторугар кыттар, куруһуоктарга сылдьар. Бу сыллартан саха уус-уран айымньыларын хомуйар, сурунан ылар буолар. «Саха саҥата» диэн бастакы сахалыы общественнай-политическай уонна уус-уран сурунаалы тэрийэргэ көмөлөһөр, хас да норуот ырыаларын бэчээттэтэр. Бу сурунаал 1912-13 сс. тахса сылдьыбыта.
Училищатын ситиһиилээхтик бүтэрэн баран биир сыл Еловскай начальнай оскуолаҕа уонна Бүлүүтээҕи түөрт кылаастаах училищаҕа үлэлиир. 1913 сыллаахха Петербуурга барар уонна Петербуурдааҕы университет Илиҥҥи факультетын арабско-персидско-турецкай разрядыгар киирэр.
Икки ыйынан 1913 сыл ахсынньытыгар 21 саастаах устудьуон Бүтүн Россиятааҕы норуот учууталларын сийиэһигэр кыттар, дакылаат ааҕар («Краткие сведения об якутах, их школы и их право на образование»), бу дакылаатыгар оҕолор сахалыы үөрэниэхтэрин сөптөөх саха национальнай оскуолатын арыйыы туһунан этэр, сахалыы учебниктары таһаарыыны үбүлээһин наадатын этэр.
Биир сыл буолан баран үөрэнэр факультетын монголо-манчжуро-турецкай разрядыгар көһөр. Дойду кырдьаҕас университетыгар нуучча тылын үөрэтэр науукатын маннык уһулуччулаах дьонугар үөрэммитэ: профессор, кэлин ССРС АН академига Л. В. Щерба, профессор, кэлин ССРС АН академига А. Н. Самойлович, академик В. Л. Котвич, профессор, кэлин ССРС АН чилиэн-корреспондена И. А. Бодуэн де Куртенэ, профессор Е. Д. Поливанов уо. д. а.
1914 сыл сайыныгар Орто уонна Илин Азияны үөрэтэр кэмитиэт садаанньатын толорон Тааттаҕа фольклору хомуйар, ол сорҕотун Антропология уонна этнография музейын хомуурунньугар кэлин таһаарбыта.
1915 сыл сайынын Удинскай губернияҕа атаарар, татаар тылынан практикаланар, башкиирдар истэригэр олорор тептярдар уус-уран айымньыларын үөрэтэр.
Бу сыллартан саҕалаан, саха тылын дириҥник чинчийэр, саха фольклорун, түөлбэ тылын үөрэтэр, саха тылын атын түүр тылларын, монгол тылын кытта тэҥниир, о.д.а. үлэ арааһын ыытар. 1923 сылга университеты ситиһиилээхтик бүтэрэн баран, Илиҥҥи тыллары чинчийэр институт монгольскай разрядыгар үлэҕэ киирэр, монгол тылын дириҥэтэн үөрэтэр, онтон Илиҥҥи уонна арҕааҥҥы литература уонна тыл историятын тэҥнээн үөрэтэр научнай-чинчийэр институкка научнай үлэһитинэн киирэр. Э. К. Пекарскай «Саха тылын тылдьытын» оҥоруутугар бэрт элбэҕи көмөлөһөр, үлэлиир.
Устудьуоннуур кэмнэригэр Бүтүн Арассыыйатааҕы народнай учууталлар сийиэстэригэр кыттыыны ылар. Сийиэс үрдүк трибунатыттан саха национальнай оскуолатын арыйыы наадатын туһунан тыл этэр. Оччолорго бу олус хорсун туруорсуу этэ.
С. А. Новгородов сахалыы сурук-бичик төһө кыалларынан дьон ылынарыгар судургу буолуохтаах диэн санаанан салайтаран, тылы таба суруйууга уонна сурук бэлиэтигэр кэккэ уларытыылары киллэрэр. Ол быһыытьшан сахалыы суруйарга ханнык да сурук бэлиэтин туруорбакка, улахан буукубаны туттубакка, «хайдах саҥарарыҥ курдук суруй» диэн сүрүн бириинсиби олохтуур. Оччотооҕу кэмҥэ бу сөптөөх быһаарыныы этэ.
Эмиэ бу кэмнэ С. А. Новгородов В. М. Ионов оҥорбут буукубаарын төрдүттэн уларытарга, тупсарарга ылсан үлэлиир уонна 1917 сыл балаҕан ыйыгар «Сахалыы сурук-бичик» диэн букубаары латыын алпабыытынан бэчээттэтэн таһаарар. Бу буукубаар историческай суолталаах диэххэ сөп: төрөөбүт тылы оскуолаҕа үөрэтиигэ олук уурбута. Саҥа букубаары туһанан, Бүлүү, Өлүөхүмэ оскуолаларыгар саха тылын үөрэтии саҕаламмыта.
1919 сыллаахха «Саха Омук» уопсастыба бэрэстээтэлинэн талыллар. Колчак былааһын кэмигэр Саха Сирин бассабыыктарын дьыалаларын силиэстийэлиир кэмитиэккэ үлэлиир.
1920 сыл муус устар ыйыгар кини көҕүлээһининэн Дьокуускадааҕы үөрэх салаатыгар Саха күбүөрүнэтин чинчийэр хос салаа тэриллбитэ. Онно этнография уонна лингвистика сиэксийэтигэр Өксөкүлээх Өлөксөй, Алампа Соппуруонап уонна Новгородв бэйэтэ үлэлээбттэрэ.
1922 с. Саха сирэ аптаныамыйалаах өрөспүүбүлүкэ буолбутун кэннэ Саха АССР Үөрэҕин Комиссариатыгар научнай салаа тэриллибитэ. Ол салаа "Сборник материалов по изучению Якутии" диэн биир нүөмэри таһаарбыта. Бу сыл Новгородов Максим Аммосову кытта Наркомнацка Саха АССР сирин-уотун кирбиитин быһаарар хамыыһыйаҕа үлэлиир. 1923 сыллаахха «Ааҕар кинигэни» таһаарбыта[1].
1924 с. үлэтин үгэнигэр сылдьан ис тиибиттэн аҕыйах күн ыалдьан өлбүтэ[2].
1994 сыллаахха Чурапчы орто оскуолата Семен Андреевич Новгородов аатын сүкпүтэ.
2007 сыллаахха Саха Өрөспүүбүлүкэтин Президенын ыйааҕынан "Бичик" национальнай издательство Новгородов аатын сүкпүтэ.
2009 сыллаахха "Бичик" кинигэ кыһата тэлгэһэтигэр Семен Андреевич Новгородов бүүһэ туруоруллубута.
Бу киһи туһунан сиппэтэх ыстатыйа. Көннөрөн уонна эбэн биэрэн Бикипиэдьийэҕэ көмөлөһүөххүн сөп. |